Кэнчээри
Четверг, 21.11.2024, 13:58
Меню сайта

Форма входа

Детсад сонуннара

Поиск

Календарь
«  Ноябрь 2024  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930

Архив записей

Наш опрос
Оцените мой сайт
Всего ответов: 29

Друзья сайта
  • НИМЦ
  • Родничок
  • Оздоровительный
  • Умка
  • Солнышко
  • Олоҥхо кэскилэ
  • Кэнчээри
  • Крепыш
  • Одуванчик
  • Колокольчик
  • Ромашка
  • Айылгы
  • Кустук
  • Надежда
  • Сардаана
  • Мичээр
  • Радуга
  • Туллукчаана

  • Статистика

    Онлайн всего: 1
    Гостей: 1
    Пользователей: 0

     

    2018-2019 УОРЭХ ДЬЫЛА

    СЕНТЯБРЬ

    Золотая осень

    Балазан ыйын 21 кунугэр Кэнчээри озо саадыгар комус куьуну корсуу кунэ буолан ааста. Манна иитиллээччилэр, итээччилэр уонна тороппуттэр кыттыгастаах, кэнсиэртээх, дьаарбанкалаах тэрээьин тэрилиннэ. Озолор ыыллаан-туойан, ункуулээн куьуннэрин бэркэ корустулэр. Дьаарбанказа киирбит уп тороппуттэр собулэннэринэн ахсынньы ыйга буолар "Кэнчээри" озо саада 55 сыллаах убулуойнэй тэрээьинигэр уурулунна. 

     

    ОКТЯБРЬ

    Ийэ кунэ

    Алтынньы ый 18 кунугэр кэнчээри саад иитиллээччилэрэ кун кубэй ийэлэрин эзэрдэлээтилэр. 

    Озо сааьым сырдык сарданата,

    Таптыыр сурэзим тэбэр иэйиитэ,

    Мин олозум истин дозоро,

    Кун кубэй ийэккэм буоллаза.

    Мин ийэм харазын харата

    ыйданалаах туун кэриэтэ,

    Мин ийэм уьун суьуоза

    Урэзим толбоонурар долгуна,

    Мин ийэм истин мичээрэ

    Кун сылаас сарданатын кэриэтэ,

    Мин ийэм хатыылаах ытыьа

    Ийэккээм миэхэзэ таптала. 

    Ийэ кунунэн итии истин эзэрдэ буолуохтун кун кубэй ийэлэр!

    Бриллиантовые нотки

    Алтынньы ый 19-20 куннэригэр Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр VI тогулун ыытыллар "Бриллиантовые нотки" Международнай фестиваль чэрчитинэн ыытыллар "Первые шаги" региональнай конкурска Кэнчээри озо саад "Мозаика" ункуу болозо "куукула ункуутун" толорон 1 степеннээх лауреат урдук аатын ыллылар. 

     

    НОЯБРЬ

    Родительское собрание

    Сэтинньи ый 2 кунугэр  Кэнчээри озо саадыгар тороппут уопсай мунньаза буолан ааста. Мунньахха  «Саха Ороспуубулукэтин Эдэр ыччат психологической комо кииниттэн» педагог-психолог Андреева Саргылаана Семеновна кэлэн тороппуттэргэ психологическай тренинг онордо. Сана сылга озолор адаптацияларын, буолуохтаах тэрээьиннэр туьунан сиьилии кэпсээтилэр. Ону таьынан ахсынньы ыйга буолар детсад  55-сыллаах убулуойугэр анаан ыытыллар тэрээьиннэр, онно комо туьунан сиьилии кэпсэттилэр, ырыттылар.  

     

    СКАЗКА ТЕРЕМОК

    Улахан  уонна орто болох озолоро 1 уонна 2 кыра болох озолоругар киирэн теремок остуоруйаны кордорон, аралдьытан аастылар. Баспытаатал Варвара Егоровна туруоруутунан, кэпсээьининэн, озолор артыыстаан туруорууларынан кыра испеэктээкил озолор сэнээриилэрин ылла.

     

    ОЛОНХО КУНЭ 2019 с

    Ахсынньы ый олонхо декадата, ол чэрчитинэн ахсынньы ый 26 кунуттэн 30 кунугэр дылы "Кэнчээри" озо саадыгар олонхозо сыьыаннаах тэрээьиннэр буола тураллар. Ол курдук бастакы кун ыраастаныы, арчыланыы буолла, иккис кун "Ус дойдунан айан" диэн олонхону слайдка оноьуллубут презентация кордулэр. 

     

    СЕМИНАР по программе  "ДЕТСТВО" в с. Ма5арас

     

    Сэтинньи ый 29 кунугэр "Кэнчээри" детсад коллектива Мазараска баран Антонина Константиновна салайааччылаах "Детство" программаннан улэлиир Куорэлээх "Айылгы", Мазарас "Туллукчаана", Бэрдьигэстээхтэн "Кэнчээри" детсадтара буолан "Пути повышения качества образовательного процесса в ДОУ" диэн теманнан семинарга кыттан кэллибит.

    Хас биирдии детсад бу программаннан хайдах, туох улэлээн олорорун сиьилии кэпсэттилэр, ырытыстылар. Киирии тылы дьиэлээх хаьаайка, "Туллукчаана" сэбиэдиссэйэ Мария Трофимовна "Позитивный имидж как важный современный компонент и ресурс дошкольного образовательного учреждения" диэн теманнан сазалаата.

    Кэнчээри детсад  баспытаатала Надежда Николаевна улахан болох озолоругар "Дары Фребеля" оонньуурдарынан "Зимние забавы" диэн,  Куорэлээхтэн Анисия Николаевна "Играем вместе с мамой" диэн тороппуттэри кытта дьарыктарын кордубут. 

    Татьяна Кымовна "Головоломка" Елизавета Андреевна "Блоки Дьенеша", Антонина Николаевна "Эрбэк-сэрбэкэ" диэн остуол оонньуутун,  улэлии сылдьар саморазвитияларын темаларынан кэпсээн дьон сэнээриитин ыллылар. Александра Дмитриевна "Модульный подход к организации развивающей среды" диэн теманнан Кэнчээри детсад уопсай улэтин кэпсээтэ.

    "Айылгы"  детсадтан Прасковья Гавриловна "Организация педагогической деятельности ДОУ в контексте ФГОС" диэн теманы,

    "Туллукчаана" детсадтан Таисия Маркельевна "Одуну талааннаах дьонноро" диэн проегын билиьиннэрдилэр.

    Онон "Детство" программанан улэлии сылдьар дьон атыны, сананы билэн-корон, дуоьуйан, тогурук остуолга санаалабытын этинэн астынан тарзастыбыт. Дьиэлээхтэргэ, "Туллукчаана" детсад коллекттивар сылаастык корсон дуоьуйа астыннара сана детсадтарын улэтин хамнаьын кэпсээн, билиьиннэрэн ыыппыттарыгар барза махталбытын тиэрдэбит. Оссо да корсуохпут диэн эрэнэ тарзастыбыт. 

     

    Преемственность со школой

    Кэнчээри детсад 2015 сыллаахтан модульнай проегынан А. Осипов аатынан оскуоланы кытта сибээстэьэн улэлиир. Суруннээн математика орто, урдуку суьуох учуутала Павлов Ньургун Михайловиьы кытта «головоломка» проегынан улэлиир. Ол чэрчитинэн ахсынньы ый 7 кунугэр оскуолаттан Римма Ивановна Маркова салайааччылаах 9 кыласс уорэнээччитэ Настя Степанова кэлэн бэйэтэ айбыт методикатын «Механическая головоломка» диэн киордордо билиьиннэрдэ. Озолор сурдээзин сэнээрдилэр, оонньоон кордулэр. Тумуккэ Настя проегын оонньуутун биир ооньууру бэлэх уунна. Инникитин да маннык сибээстэьэн таьаарылаахтык улэлиэх буоллубут.

    День открытых дверей

    Ахсынньы ый 20 кунугэр тороппуттэргэ анаан "Аьазас аан" кунэ буолан ааста. Тоороппуттэр озолор хайдах дьарыктаналларрын, дьарыкка тугу тутталларын, озолоро хайдах тутта хапта сылдьалларын, баспытаатал улэтин сиьилии кордулэр, билистилэр кордулэр. Аьазас дьарыктар кэннилэриттэн бьаспытааталлар бэйэлэрин дьарык таьынан улэлэригэр маастар кылаас кордордулэр

    Старшай баспытаатала Александра Дмитриевна детсад уопсай улэтин "Инновационные педогагические технологии: модульный подход к развивающей среде, сенсорный детский сад" билиьиннэрдэ.

    Варвара Егоровна оскуолаза киириэн иннинээзи озозо интеллект  картаны туьанан хоьоону уорэтии ньымаларын кордордо.

    Татьяна Кымовна "Головоломка для самых маленьких" диэн головоломка арааьын кордордо, билиьиннэрдэ.

    Антонина Николаевна "Эрбэкэ-сэрбэкэ" диэн остуол оонньуутун оонньотто

    Надежда Николаевна "Дары Фребеля"  диэн оонньуу хомуурунньугунан оонньотон кордордо

    Елизавета Андреевна "Кью-де-уз" оонньуутун кордордо, оонньотто

    Ол курдук тороппуттэр детсад хайдах улэлии турарын, озолоро хайдах дьарыктаналларын билэн-корон астынан тарзастылар.

    новый 2019 год

    Ууммут 2019 сылы детсадпыт 55 сыллаах убулуойнэй тэрээьинин кытта тэннэ ыллылар. Буоларын курдук кэтэьиилээх  Моруос озонньор сиэнин Хаарчаананы кытта уонна ууммут сыл бэлиэтэ сибиинньэ озолору оонньотон, ункуулэтэн, аралдьытан, бэлэх бэлэхтээн, кунду ыалдьыт буолан бардылар. 

    Убулуойнэй сана дьылга анаан детсад улэьиттэрин уонна тороппуттэр куустэринэн ааспыт сылларга анаан музей тэрилиннэ, манна урукку сылларга туттуллубут кинигэрлэр, портфелльяр, альбомнар, озо оонньуурдара онтон да атын уруккуну санатар маллар дьон, тороппут сэнээриитин ыллылар. 

    Утренникпыт оссо биир чазылхай тугэнинэн Кравченко Федор Артурович салайааччылаах "Горнай автодор" тэрилтэ, детсад 55 сыллаах убулуойугэр анаан хас биирдии озозо минньигэр кэьии бэлэхтээн озолор уоруулэрин урдэттилэр.

    Улусный конкурс-фестиваль "Хаар ункуутэ"

     Улуустаазы "Хаар ункуутэ" - 2019 кынчээри озо саадын иитиллээччилэрэ кохтоох кыттыыны ылар сертификат ыллылар

    ФЕВРАЛЬ

    ТИМБИЛДИНГ - тэрилтэннэн оонньуу

    Олунньу ый 4 кунугэр Психологическай киинтэн специалистар кэлэннэр тэрилтэннэн оонньотор оонньууларын "Тимбилдинг" диэн оонньууну оонньоттулар. Манна тэрилтэ аайттан 8-тыы улэьит кыттар, 6 туьумэхтээх оонньууну бириэмэзэ оонньоотубут. Кыттааччылар биир санааза киирэн, тумсэн, субэлэьэн оонньоон олус интэриэьинэй кун ааста.

    ГОРНАЙ АВТОДОР БЭЛЭЗЭ

    Детсадпыт 55 сыллаах убулуойунэн "Горнай автодор" тэрилтэ спортивнай инвентарынан материальнай комо онорон озолор, улэьиттэр уоруулэрин урдэттэ. Ол курдук велотренажертан, суурэр дорожкаттан сазалаан, гантель, мээчик араастарын, кругтары онтон да атын элбэх, эти хааны эрчийэргэ туттуллар араас инвентарьдар бэлэх гынан азалан биэрдилэр. 

     

    ИЙЭ ТЫЛ КУНЭ

    Алексей Андреевич Иванов - Кундэ

    Торообут тыл

    Торообут

    Торут тыл

    Соруун

    Суогэй курдук

    Сурэзи-быары

    Созуургэтэр,

    Убазас отон

    Уутун курдук,

    Улахан куйааска

    Утазы аьарар,

    Сырдьыгыныы коонньубут

    Сылгы кымыьын курдук,

    Тостор куйааска,

    Тозулу ханнарар.

    Иитиллибит ийэ тылбыт,

    Иирэзэс сири

    Имэнинэн быйанынан

    Ибиирэн биэрэр…

    Саппа

    Садарах уотунан

    Кутур харананы

    Кулумнэтэ сырдатар …

    Ийэ тыл –

    Быстар-ойдор куннэ

    Быыьал-абырал буолар,

    Олор сутэр куннэ

    Ороьултэ буолар.

     Сахалыы алпаабыты аан бастаан айбыт киьиннэн Семен Андреевич Новгородов буолар. Кини 1892 сыллаахх олунньу ый 13 кунугэр Боотуруускай улуус (Чурапчы) Хатылы нэьилиэгэр кун сирин корбут. Азата Андрей Винокуров диэн киьиэхэ нуучалыы тылга уорэттэрэ биэрбит, онно кини нууча тылын арифметиканы уорэпптит. Онтон Дьокуускайга 1905 сыллаахха реальнай училищеза киирэн баран элбэхтэ аазар уонна саха фольклорун хомуйбут, муспут. 1913 сыллаахха учууталлар Всероссийскай съезтарыгар кыра ахсааннаах омук бэйэтин тылын билиэхтээх, уонна сахалыы кинигэн тахсараын наадатын туьунан докладынан кыттыбыт. Ону таьынан сахалыы суругу бичиги уорэтэр уорэтэр системаны чинчийэр. 1917 сыллаахха Саха крестьяннарын аан бастакы съезтарыгар сахалыы алпаабыт бастакы варианын билиьиннэрбит. Ол сыл Афанасьев диэн киьилиин «сахалыы сурук-бичик» диэн аан бастакы букубаары онорон тиьэн таьаараллар. Ол иьин С. А. Новгородов торообут кунун ОЛунньу ый 13 кунун саха тылын кунунэн бэлиэтиибит. 

       Ол чэрчитинэн олунньу ый 15 кунугэр Кэнчээри детсадка "Ийэ тыл" кунэ буолан ааста. Бу кун баспытааталлар озолорго анаан араас хоьооннору аахтылар.

    Улахан болох озолоро С. П. Данилов хоьооннорун аахтылар уонна дьиэлэригэр тороппуттэрин кытта онорон азалбыт кинигэлэрин туьунан кэпсээтилэр. Араас матырыйаалынан, араастык киэргэтэн азалбыт кинигэлэрэ озолор болзомтолорун тарта, баспытааталлар хайзабылларын ыллылар. 

     

    Кулун тутар ый

    оза саадын улэьиттэрин форума. Дьокуускай куорат

    С 12 по 14 марта 2019 г. Форум работников дошкольного образования РС(Я) – 2019 «Дошкольное образование: инвестиции в будущее» где мы выступили на постерной выставке по проекту нашего детского сада «Кэнчээри» «Организация модульной развивающей среды «Толкуй» для развития интеллектуальных и творческих способностей детей дошкольного возраста» эксперты оценили нашу работу детского сада очень интересной, дали советы и пожелали дальнейшего процветания проекта, а также увидели разные интересные работы и проекты других детских садов республики.

    "Танцует Горный" улуустаазы ункуу ансааамбылларын курэзэ

    Кулун тутар ый 15 кунугэр сылын аайы ыытыллар улуустаазы «Танцует Горный» курэх буолан ааста. Манна озо саадын иитиллээччилэриттэн сазалаан, оскуола озолоро, улахан дьон ункуу ансаамбыллара бары кэлэн кохтоох кыттыыны ылаллар. Тоьозолоон этэр буолахха быйыл 2019 сылга ьтэрийээччилэр озо саадын иитиллээччилэрин курэзин Кулун тутар 15 кунугэр, оскуола саастаах озолор уонна улахан дьон болозун Кулун тутар ый 16 кунугэр онороннор улахан супсулгэн тахсыбата. Биьиги кыроачаан кыттааччыларбыт «Мозаика» ункуу ансамбла «Куукула ункуутунэн» 3 степеннээх дипломан аатын сугэн уоруулэрэ урдук. Озолорбутугар инникитин урдук ситиьиилэри базарабыт!

    Озо библиотекатыгар сынньалан

    Кулун тутар ый 26 кунугэр иитиллэччилэрбит баран озо библиотекатыгар куулэйдээн, сынньанан, кинигэлэри корон кэллилэр. Тоьозолоон эттэххэ озо библиотеката, озозо соптоох гына мебеллеринэн, кинигэтинэн, озо сылайдазына аралдьыйар гына араас оонньуурдарынан хааччыллыылаазынан киьини сохтороор, озо интэриэьин тардар. Библиотека улэьиттэригэр, библиотека улэтигэр инниктин да оссо урдук сайдыылары, озону умсугутар араас кинигэлэринэн хааччыллыыны базарабыт!

    Бэрдьигэстээзи кыраайы уорэтэр мусуойга куулэй

    Кулун тутар ый 21 кунугэр улахан болох озолоро Бэрдьигэстээзи кыраайы уорэтэр мусуойга баран, корон-истэн, билэн кэллилэр. Озолор суруннээн кыыллары, былыр торуттэрбит тута сылдьыбыт малларын-салларын олус интэриэьиргии кордулэр иьиттилэр. Музей биир тутах улэьитэ Матрена Семеновна озолору батыьыннара сылдьан музей ис тээбиринин, кыыллар тустарынан сиьилии кэпсээтэ. Музей улэьиттэригэр барза махталбытын тиэрдэбит, инникитин таьаарыылаах улэни базарабыт!

    Горнай улууьун Баьаарынай чааьа

    Кулун тутар ый 27 кунугэр улахан болох озолоро «Баьаарынай часка» баран уоттан сэрэхтээх буолуу, баьаарынайдар улэлэрин, уоту хайдах, тугунан умуруоралларын туьунан билэн-корон, олус туьалаахтык сылдьан кэллилэр. Баьаарынай чаас улэьиттэрэ бириэмэзэ тоьо тургэнник бэлэм буола охсоллорун, массыыналара хайдазын тугун кордордулэр кэпсээтилэр. Инникитин озолорбут уоттаах сэрэхтээх буолуохтара диэн эрэнэбит.